Хомус для якутского народа является символом духовной культуры. С древнейших времен его серебристый голос звучал в самые значимые и сокровенные моменты в жизни человека. Через него наши предки выражали свои мысли и переживания. С помощью хомуса шаманы обращались к духам и высшим силам. В наши дни из сакрального инструмента хомус преобразился и стал визитной карточкой якутской современной национальной культуры, существующей в условиях глобализации, соединяя древнее и современное.
Уже десятый год с 30 ноября 2011 года в нашей республике отмечается этот национальный праздник. Мы проводим просветительскую, образовательную работу: в образовательных учреждениях разного уровня и профиля ведется обучение детей игре на этом инструменте, исполнители, сохраняя старинные мотивы, находят новые пути выражения через хомус, исследователи освещают хомус с новых научных аспектов.
Трудно представить значимые события без хомуса. Его музыка сопровождает многие важные мероприятия, концерты, спектакли, наши хомусисты пользуются популярностью и признанием как у себя на родине, так и далеко за ее пределами. Только наращивая масштаб и качество таких мероприятий, мы сможем обеспечить передачу наших традиционных ценностей последующим поколениям.
По мнению президента Международного общества варгана Франца Кумпла Якутск является «Меккой хомуса». Это слова признания нашей республики как действительного мирового центра развития хомусной культуры. Международное признание хомуса возлагает на нас большую ответственность в деле дальнейшего сохранения наследия наших предков, чтобы и дальше передавать последующим поколениям.
2021 год, несмотря на все его трудности, стал для нас плодотворным. Мы отметили 80-летний юбилей профессора, доктора филологических наук, создателя и президента Музея хомуса Ивана Егоровича Алексеева – Хомус Уйбаан. В рамках юбилейных мероприятий совместно с СВФУ им. М.К. Аммосова была проведена Международная научно-практическая конференция «Языки и культура хомуса народов Евразии: речевые и музыкальные коммуникации». Издан сборник научных и публицистических статей юбиляра «Куйаартан кутуллар дорҕооннор».
Музеем и Центром хомуса народов мира подготовлен и издан Каталог «Хомусы народа саха». В это уникальное издание вошло описание 628 хомуса 142 мастеров из 21 улуса и г. Якутска. Специалисты, работавшие над каталогом, расширили научную базу подхода к описанию хомуса: в научный оборот введены новые критерии и термины. В книге сосредоточено все наше культурное богатство - опыт многих поколений якутских мастеров.
Дорогие друзья! В этот замечательный праздник хотелось пожелать всем праздничного настроения, чтобы сегодня хомус звучал повсеместно, способствуя миру на Земле!
Күндү Саха Сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин уонна тус бэйэм ааппыттан бука барыгытын Хомус күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Инникилээх норуот бэйэтин култууратын үйэтитэр сыаллаах-соруктаах үлэлиэхтээх. Саха норуотун курдук хомуһу өрө тутар, хомуһу «ытыс ымыыта” оҥостон олоҕун тухары илдьэ сылдьар атын омук суох. Ити туоһутунан, сэтинньи 30 күнугэр – Хомус түмэлэ тэриллибит күнүгэр - Хомус күнэ диэн бэлиэтиир үгэс 2011 сыллаахтан 10 төгүлүн бэлиэтэнэр.
Бу сыллар тухары бэлиэ күммүт норуот дьоро-күнэ буолла. Улуустарга, нэһилиэктэргэ, үөрэх кыһаларыгар, уһуйааннарга хомус күнүгэр аналлаах араас хайысхалаах тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Маннык ситиминэн бардахпытына эрэ кэлэр көлүөнэҕэ хомус тыаһын-ууһун, хомус туһунан билиини, хомус суолтатын тириэрдэбит.
2021 сыл төһө да ыараханнардааҕын иһин көдьүүстээх буолан биэрдэ. Хомус түмэлин төрүттээччитин, филологическай билим докторын Иван Егорович Алексеев – Хомус Уйбаан 80 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтибит. Онно аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ кытта ситимнээн «Языки и культура хомуса народов Евразии: речевые и музыкальные коммуникации» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы научно-практическай конференция ыытыллыбыта, ону таһынан «Куйаартан кутуллар дорҕооннор» диэн Хомус Уйбаан идэлээх олоҕун устата суруйбут, киниэхэ аналлаах научнай-публицистическай ыстатыйаларын хомуурунньуга бэчээттэнэн таҕыста.
Биһиги биир сүрүн ситиһиибит - «Хомусы народа саха» диэн Хомус түмэлин пуондатыгар харалла сытар Саха Сирин хомустарын каталога күн сирин көрдө. Бу дэҥҥэ көстөр таһаарыыга 21 улуустан итиэннэ Дьокуускай куораттан 142 уус 628 хомуһун туһунан дьүһүйүү киирдэ. Маннык киэҥ хомустар (варганнар) уруулуу предметтэри наардаан мунньуулара ханнык да Аан Дойду норуотугар суоҕа бэт.
Быйыл буолуохтаах «Хомусист-виртуоз мира» диэн III норуоттар икки ардыларынааҕы хомус оонньооччуларын күрэҕэ хамсык ыарыы өрө туруутуттан сылтаан, 2022 сылга көһөргө диэн быһаарылынна, онон эһиил Аан дойдуттан, Россияттан күүтүүлээх күрэх кыттааччыларын итиэннэ ыалдьыттарын биһиги киэҥ түһүлгэбитигэр ыҥырабыт!
Күнду доҕоттор! Бу үөрүүлээх бэлиэ түгэн тосхойбутунан бука барыгытыгар Хомус күнүгэр өрө көтөҕүүлээх настарыанньаны, хомус тыаһа дьиэрэйэ турдун, ил-эйэ Аан дойду үрдүнэн тосхойдун диэн баҕа санаабын этэбин!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов.