Видео дня
Лента новостей

Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем Олонхо

Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем Олонхо
25.11.2024 15:02

Дорогие якутяне!

 

Сердечно поздравляю вас с национальным праздником Республики Саха (Якутия) – Днем Олонхо!

Героический эпос – это великий дар наших предков, который стал основой духовной силы, уникальным памятником устного народного творчества якутов.

Мы бережно храним, изучаем и развиваем наше бесценное наследие, признанное шедевром нематериального наследия ЮНЕСКО. В Якутии работает уникальный научно-исследовательский институт Олонхо, создается единая система домов Олонхо. Значительную лепту в изучение и популяризацию эпоса вносит Ассоциация Олонхо. На сцене Театра Олонхо оживают легендарные герои якутского героического эпоса, более 150 Олонхо издано на 10 языках народов мира, 300 исполнителей эпоса являются сегодня хранителями Олонхо и бережно передают новому поколению свои бесценные знания.

Возрастающий интерес к якутскому героическому эпосу показало успешное участие Якутии в работе выставки-форума достижений регионов страны «Россия» в Москве. К священному древу жизни Аал Луук Мас в экспозиции республики «Якутия–Вселенная Олонхо» прикоснулись 2,2 млн. человек. Накануне праздника на сцене Московского Губернского театра с большим успехом прошла постановка спектакля по мотивам Олонхо «Хардааччы Бэргэн» автора-сказителя Андрея Титовича Титарова, моего деда. Безгранично горжусь нашим Олонхо.

Особое место в духовной жизни народов республики занимает ежегодный Ысыах Олонхо. С начала первого Десятилетия Олонхо в 2006 году национальный праздник проведён в 17 районах республики. В 2024 году Ысыах Олонхо масштабно прошел в Амгинском улусе, а 4-5 июля 2025 года гостей праздника примет Нерюнгринский район.

Накануне праздника в Якутии традиционно проходит Декада Олонхо. В этом году она насыщена многими значимыми акциями и мероприятиями. Состоятся Республиканская образовательная акция «Диктант Олонхо», научно-практические конференции, праздничные мероприятия украсят спектакли и исполнение Олонхо, пройдут конкурсы, фестивали, выставки, встречи, творческие вечера и презентации книг исследователей эпоса. В День праздника будут торжественно вручены стипендии сказителям Олонхо, запевалам осуохая, кузнецам и народным мастерам.

Главной силой России является великая культура, богатая история и традиции, истоками которых являются героические эпосы: русские былины, якутское олонхо, сказания многих народов нашей страны.

Сегодня наши воины, защищающие страну от нацистов в ходе специальной военной операции, черпают силы и из Олонхо, который воплощает в себе идеи торжества добра над злом. Герои якутского эпоса всегда стоят на страже справедливости, являются воплощением светлой стороны. Богатыри серединного мира являются вдохновляющим примером стойкости, мужества, преодоления всех трудностей ради свободы и будущего родной земли.

Дорогие якутяне! Желаю вам мира и благополучия, творческих удач и находок, новых успехов, крепкого здоровья, всего самого доброго!

 

Глава Республики Саха (Якутия)                                           А.С. Николаев

 

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтэ

 

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

 

Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин!

Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс бэлэҕэ, тулхадыйбат модун санаабыт тирэҕэ, саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала.

ЮНЕСКО киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан (шедевринэн) билиммит үйэлээх баайбытын биһиги чөл хаалларар, үөрэтэр, сайыннарар соруктаахпыт. Ол курдук, Сахабыт сиригэр Олоҥхону чинчийэр научнай институттаахпыт, Олоҥхо дьиэтин биир кэлим тиһигэ тэрилиннэ. Олоҥхо ассоциацията олоҥхону үөрэтиигэ, киэҥник тарҕатыыга сүҥкэн үлэни ыытар. Олоҥхо тыйаатырын сыанатыгар айыы аймаҕын араҥаччылыыр бухатыырдарбыт хара дьайы кыайалларын-хотоллорун сөҕө-махтайа, астына көрөбүт. 150-тан тахса олоҥхо 10 араас омук тылынан бэчээттэнэн таҕыста. Бүгүҥҥү туругунан 300 олоҥхоһут бэйэтигэр иҥэриммит билиитин саҥа көлүөнэҕэ тиэрдэр.

Москубаҕа буолбут "Россия" диэн дойду эрэгийиэннэрин ситиһиилэрин форум-быыстапкатыгар өрөспүүбүлүкэбит "Саха сирэ – Олоҥхо эйгэтэ" диэн ааттаан Аал Луук Маһы экспозицияҕа туруорбута. Онуоха үс дойдуну ситимниир ытык маспытын сэҥээрэн, кэрэхсээн, 2,2 мөлүйүөн киһи кэлэн таарыйбыта олоҥхону сэргээччи элбээбитин көрдөрдө. Бу соторутааҕыта Москубатааҕы Губернскай тыйаатыр сыанатыгар мин эһэм – олоҥхоһут Андрей Титович Титаров «Хардааччы Бэргэн» олоҥхотун матыыбынан туруоруллубут испэктээк көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбытын истэн, Олоҥхобутунан киэн туттуум өссө күүһүрдэ.

Элбэх омуктаах Сахабыт сиригэр сыл ахсын ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа ураты суолталаах. 2006 сыллаахха Олоҥхо бастакы уон сыла биллэриллибитэ. Онтон ыла Олоҥхо ыһыаҕа өрөспүүбүлүкэ 17 оройуонугар ыытылынна. Быйыл Амма улууһугар буолан ааста, оттон 2025 сыл от ыйын 4-5 күннэригэр олоҥхо түһүлгэтин ытык-мааны ыалдьыттарын Нерюнгри оройуона көрсүөҕэ.

Олоҥхо күнүн көрсө Сахабыт сиригэр үгэс быһыытынан Олоҥхо декадата ыытыллар. Быйылгы декада эмиэ киэҥ хабааннаах: "Олоҥхо дьыктаана" өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх акцията, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, куонкурустар, бэстибээллэр, быыстапкалар, көрсүһүүлэр, айар киэһэлэр, олоҥхону чинчийээччилэр кинигэлэрин сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Тэрээһиннэри испэктээктэр, олоҥхоһуттар толоруулара киэргэтиэхтэрэ. Олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ, уустарга уонна норуот маастардарыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга истипиэндьийэлэр туттарыллыахтара.

Нуучча былиналарыттан, сахабыт олоҥхотуттан, дойдубут араас норуоттарын былыргы сэһэннэриттэн үөскээн-сайдан тахсыбыт улуу култуурабыт, баай устуоруйабыт, үгэспит – Россиябыт тутаах күүһэ буолар.

Бүгүн анал байыаннай дьайыыга дойдубутун нацистартан көмүскүүр буойуннарбыт сырдык күүс хара дьайы кыайарын хоһуйар сүдү айымньыбытыттан – Олоҥхоттон эмиэ күүһү сомсоллоро саарбаҕа суох. Олоҥхо бухатыырдара куруутун Орто дойдуга кырдьык кыайарын туһугар охсуһаллар, төрөөбүт дойду көҥүлүн уонна кэскилин туһугар бары ыарахаттары туоруур эр хоһуун холобурунан буолаллар.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһиэхэ эйэни уонна этэҥҥэ буолууну, айар үлэҕитигэр табыллыыны, саҥа ситиһиилэри, чөл туругу, бары үтүөнү баҕарабын!

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                     А.С. Николаев

Источник информации:  Официальный информационный портал РС (Я)
Сайт источника:  sakha.gov.ru
Ссылка на первоисточник:  https://sakha.gov.ru/news/front/view/id/3473820
Информационное агентство SakhaTime
КОММЕНТАРИИ
Возврат к списку
Топ-10 за месяц
Мнение недели
Подписаться на новости

Получайте самые свежие и актуальные новости от SakhaTime!

Управление рассылками

Сайт работает на системе: "1С-Битрикс: Управление сайтом"
Разработка: Компания "Инфомастер"
Яндекс.Метрика